“Өймөкөөн Тымныы Оройо” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын баһылыга Павел Васильев нэһилиэк дьоно-сэргэтэ туруктаах олохтонорун туһугар өрүү кыһаллар, бары күүһүн-уоҕун биэрэн туран үлэлиир.
Олохтоох дьаһалта кылаабынай исписэлииһэ Сардана Степанова иһитиннэрбитинэн, Биэрэк-Үрдэ учаастагын нэһилиэнньэтэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа (ППМИ) кыттар буолла.
— Бу бырагырааманан ититии ситимигэр холбонор туһунан Биэрэк-Үрдүн олохтоохторун кытта эрдэ сүбэ мунньах ыытыллыбыта. Ол быһыытынан, атырдьах ыйын 30 күнүгэр чааһынай дьиэлэргэ ититии тиһигин тардарга 1182 м турбалары, 104 устуука кырааннары аҕалтардыбыт, — диэн кэпсээтэ Сардана Семеновна. — 2024 сылга «Теплоэнергосервис» тэрилтэни кытта сүбэлэҥ түһэрсэн, Биэрэк-Үрдүн учаастагар саҥа хочуолунай тутуллара былааннанар, ол иитинэн билигин бэлэмнэнии үлэтэ бара турар.
Олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааматынан ититии тиһигэр холбонорго матырыйааллары ыларга уопсайа 2 мөл 890 тыһ. солк. көрүллүбүтэ. Ол иһигэр нэһилиэнньэттэн — 152,5 тыһ. солк. киирбитэ.
— “Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтатын уонна дьонун-сэргэтин аатыттан СӨ Үп министиэристибэтигэр, спонсорбытыгар «Якутское Золото» ХЭТ генеральнай дириэктэригэр Дмитрий Гаймаҥҥа уонна бу матырыйааллары миэстэтигэр тиэрдибит суоппарга, биир дойдулаахпытыгар Александр Винокуровка улахан махталбытын тиэрдэбит, — диэтэ Сардана Семеновна.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Любовь Кривошапкина