Бибилэтиэкэ сайдыытыгар кылааты киллэрсэн

Өймөкөөн улууһугар бибилэтиэкэ дьыалатын устуоруйата 1925 сылтан Томтордооҕу бастакы кинигэлээх ааҕар балаҕантан саҕаламмыта. Билигин бибилэтиэкэбит 9 салаалаах «Өймөкөөннөөҕү кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигэ» диэн култуура муниципальнай казеннай тэрилтэтэ диэн ааттанар.

Бибилэтиэкэ исписэлиистэрин сүрүн үлэлэрэ дьону-сэргэни кытары алтыһыылаах буолар. Аныгы бибилэтиэкэ, бастатан туран, информационнай киин, көҥүл кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ, бэйэни сайыннарарга, дьоннуун алтыһарга, үөрэнэргэ табыгастаах буолуохтаах. Манна устудьуон үөрэҕин чиҥэтэ, биэнсийэлээх киһи иллэҥ кэмин атаара, биирдиилээн дьон интэриэһиргиир литератураларын ааҕа кэлэллэр. Ону таһынан тэрилтэбит иһинэн араас култуурунай-маассабай дьаһаллар буолаллар, быыстапкалар, испииһэктэри кытта үлэ, ол быыһыгар сэдэх кинигэлэри бибилэтиэкэлэр икки ардыларыгар булан ааҕааччыларга тиэрдии, кинигэ пуондатын сыыппараҕа көһөрүү, библиографияны таҥыы тэриллэр.

Өймөкөөн бибилэтиэкэтин ситимин биир бэтэрээн-бибилэтиэкэрэ, 44 сыл бу эйгэҕэ сыралаахтык үлэлии сылдьар тэрийэр уонна литература салаатын идэлээх библиограф Агния Арсентьевна Сивцева буолар.

Биһиги Бүтүн Россиятааҕы бибилэтиэкэлэр күннэринэн үөрүүлээх сонуну туттубут. Ол курдук Агния Арсентьевна СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын министерствотын аатыттан «СӨ библиотечнай дьыала сайдыытыгар кылаатын иһин» (За вклад в развитие библиотечного дела РС (Я) диэн бэлиэнэн наҕараадаланна.

Кэллиэгэбитин ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит уонна кытаанах доруобуйаны айымньылаах үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Ытыктабыллаах Агния Арсентьевна, Эн библиограф быһыытынан өр сыллаах таһаарыылаах үлэҥ, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаҥнынан, мындыр толкуйгунан, талан ылбыт идэҕэр бэриниилээххинэн кэллиэгэлэрин дириҥ ытыктабылын, махталын ылаҕын.  Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, Өймөкөөн улууһун култууратын бэтэрээнэ буоларгынан биһиги киэн туттабыт.

Оҕолоргор, сиэннэргэр дурда-хахха, күүс көмө, эрэллээх эркин, тапталлаах ийэ, эбэ буолаҕын. Өбүгэлэрбит үгүс үйэлэр тухары аҕалбыт үтүөлэрин үксэтэ, сыраларын салгыы, кэскиллэрин кэҥэтэ тур диэн алгыыбыт. Толкуйдаабыккын тобула, санаабыккын саргылыы сырыт диэн алгыс бастыҥын аныыбыт!

Надежда Литвинцева,

улуустааҕы тэрийэр салаа сэбиэдиссэйэ, Томтор

Читайте дальше