Бэрэбиэркэлиир наадалаах

Саас ириэрэ-ириэрэ уһуннук тыалырдаҕына хаар сиигэ, уута салгыҥҥа көтөн хаалар.

Чалбах да тахсыбакка хаалар. Ону тыалынан хаарын сиэн кэбистэ дииллэр. Ити сааскы кураан буоллаҕа ол. Итиннэ кэмигэр ардаабатаҕына аһыҥка түһэр, алаас сир хара буорунан көрөр. Кэбээйигэ оттуу барабыт, Амуртан от атыылаһабыт. Итинник балаһыанньаҕа саас кулун тутар, муус устар ыйдарга хаары чиҥэтэн, суолахтаан сааскы кураантан быыһаныахха сөп. Маны бэрэбиэркэлиир сыалтан маннык этии киллэрэбин. Саас кулун тутар, муус устар ыйдарга ким баҕарар олбуор иһигэр 2 метр усталаах, 1 метр туоралаах сири хаарын атаххынан үктээн чиҥэтэн биэриэххэ наада. Маны саас 2-3 төгүл оҥоруохха наада. Итинтэн кыратык тэйиччи атаххынан үктээн 2 метр усталаах, икки арда 20 см 8 суолахтары оҥортуохха наада. Суолахтар хотуттан соҕуруу туһаайыылаах буолуохтарын наада. Бу 2 үлэлэр саас 2-3 төгүл оҥоһуллаллара наадалаах. Бу үлэ түмүктэрэ ыам ыйын бүтүүтэ көстөн тахсыаҕа. Бэйэҕит көрөн итэҕэйиэххит. Онтон ким кыахтаах маны ходуһаҕа, мэччирэҥҥэ оҥорон туһатын тута ылыан, туһаныан сөп. Ардахтаах сайын от иккитэ охсуллар  буолуоҕа. Саатар күһүҥҥү үчүгэй мэччирэҥ, үчүгэй хаһыы баар буолуоҕа. Атын сиргэ баран оттооһун суох буолуо, Амуртан от атыылаһан бүтүөхпүт. Климат уларыйан сайыммыт 1 ый уһаан турар. Салгыытын атын ыстатыйабыттан ситэри ааҕаарыҥ. Ыстатыйа аата – “Оту, бурдугу үүннэрэргэ үөрэниэххэ”.

Михаил ТИМОФЕЕВ, СӨ бастыҥ айааччыта,Амма — Дьокуускай

Читайте дальше