Соторутааҕыта бэлиэтэммит Норуот сомоҕолоһуутун күнүн чэрчитинэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйүүр аһымал аахсыйалара улуус үрдүнэн ыытылыннылар.
Сэтинньи 4 күнүгэр Төрүт нэһилиэгин П.Я. Тулааһынап аатынан култуура дьиэтигэр ыытыллыбыт тэрээһин туһунан эрэдээксийэҕэ тэрилтэ салайааччыта Надежда Босикова иһитиннэрдэ.
Ол курдук манна тэрээһин сахалыы сиэри-туому тутуһан ыраастаныыттан уонна алгыстан саҕаланна. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын алта дьиэ кэргэттэригэр тэрилтэлэр бары харчынан көмөнү оҥордулар.
Култуура үлэһиттэрэ аһымал аахсыйа көхтөөх кыттааччыларыгар истиҥник махтаналларын биллэрэллэр. Бу күн кулуупка мустубут дьону-сэргэни алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр. Олохтоох дьаһалта, балыыһа, кулууп, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, хаһан буоларын курдук, түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Орто-балаҕан нэһилиэгин култуурунай киинигэр «Биир сомоҕо буолуу – биһиги күүспүт» диэн девиһинэн сэргэх тэрээһин ааспытын туһунан култуура үлэһитэ Эльза Борисова сырдатта. Сордоҥноох дьоно-сэргэтэ улуус үрдүнэн биллэриллибит аһымал аахсыйатыгар актыыбынайдык кытынна.
Томтор нэһилиэгэр көмө-аахсыйата хас даҕаны түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастатан туран, кулуупка атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэлгэннэ, «Араас норуоттар куукуналара» түөлбэлэринэн куонкурус уонна бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолла.
Манна дьаарбаҥка кэмигэр «Дьөһөгөй суолунан» диэн сахалыы киинэни көрдөрдүлэр.
Бу туһунан Томтордооҕу култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Евдокия Готовцева иһитиннэрдэ.
Үчүгэй нэһилиэгин Андрей Громов-Агди аатынан этнокултуурунай киинин үлэһиттэрэ эмиэ өрүү буоларын курдук, уопсай дьыалаҕа көмөлөһөр аахсыйаттан туора турбатылар. Үчүгэйдэр аһымал аахсыйаҕа уопсайа 23 тыһ. 400 солк. хомуйан, байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьааччылары өйөөһүҥҥэ тус кылааттарын киллэрдилэр.
Бу күннэргэ “Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтатыгар баар култуура дьиэлэригэр эмиэ улуус үрдүнэн ыытыллыбыт аахсыйаны улаханнык өйөөтүлэр.
Манна «Чуораанчык» оҕо саадын кэлэктиибэ, «Мичийэ», «Дуораан», «Саһарҕа», «Дьүөрэл» кэлэктииптэр, «Чысхаан» ВИА көхтөөх кыттыыны ыллылар. Көрөөччүлэр өрөбүл күн сынньана таарыйа, биир дойдулаахтарын өйүүргэ туһуламмыт үтүө дьыалаҕа кыттыһан, бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрдилэр: ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар саллааттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥордулар.
Киирбит үп барыта аналлаах көмө пуондатыгар тиэрдиллиэҕэ. «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» диэн бэргэн этии хаһан даҕаны суолтатын сүтэриэ, үөрүүгэ-хомолтоҕо дьону-сэргэни бииргэ түмэр күүһэ уостуо суоҕа.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Евдокия Егорова