«О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ» диэн 248 №-дээх, судургутук эттэххэ, «Балбааҕы харайыы сокуона» 2022 cыл от ыйын 14 күнүгэр олоххо киирбитэ. Ааспыт сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Сокуон олоххо киириэҕиттэн аны урукку курдук балбааҕы хотон таһыгар дьапталҕалыыр, олбуор оҥхой сирдэрин дэхсилиир бобуллубута.
Бу туһунан Ульяна Захарова «Саха сиригэр» суруйбутун мантан аллара билиһиннэрэбит.
Балбаах иһин ыстараап төһөнүй?
Балбааҕы, ону сэргэ дьиэ көтөрүн, сибиинньэ ноһуомун күөллэргэ, үрэхтэргэ, өрүстэргэ кутуллуо суохтаах. Ону таһынан, аһаҕас сирдэргэ – бааһынаҕа, хонууга, тыаҕа, сир анныгар көмүү эмиэ бобуллар. Балбааҕы хаһааныы былаһааккатыгар ирдэбил үгүс. Былаһаакка ардахха сиигирбэт, бөҕө-таҕа матырыйаалтан оҥоһуллубут буолуохтаах. Ардах, тыал хотуппат сабыынан бүрүллүөхтээх. Балбааҕы сыыһа харайыы иһин ыстараап төһөнүй?
Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын сири уонна пестицид эргийиитин хонтуруоллуур салаа начаалынньыгын солбуйааччы Павла Адамова:
– Балбаах сокуонугар эбии уларыйыы киирдэ. Ол курдук, РФ Административнай кодексатын 8.6 ыст. 2 ч. балбааҕынан сири киртитии иһин административнай эппиэтинэскэ тардыллыы диэн баар буолла. Бу сокуон ирдэбиллэрэ «Об утверждении требований к обращению побочных продуктов животноводства» диэн Арассыыйа бырабыыталыстыбатын 1940 №-дээх уурааҕар ыйыллар. Бу сыл ыам ыйын 2 күнүттэн «О внесении изменений в кодекс РФ об административных правонарушениях» диэн 86-c №-дээх Федеральнай сокуон үлэтин саҕалаата. Манна этиллэринэн, ирдэбиллэри кэһии иһин административнай эппиэтинэс ыстараабын кээмэйэ маннык суруллубут. Ол курдук, чааһынай киһиэхэ 3-5 тыһ. солк., дуоһунастаах сирэйгэ – 10-30 тыһ. солк. урбаанньыттарга – 20-40 тыһ. солк. эбэтэр 90 хонук устата үлэтин тохтотор. Юридическай сирэйгэ 40-80 тыһ. солк. эбэтэр 90 хонук эмиэ үлэтин тохтотор. 248-с №-дээх сокуон этэринэн, балбааҕы тыа хаһаайыстыбатыгар сири уоҕурдуу быһыытынан анал сиргэ харайыллан эрэ баран, нуормаҕа эппиэттиир диэн чинчийии түмүгүн кэнниттэн туттуллуохтаах. Бу сокуон ноһуому сири уоҕурдууга анаан атыылыыр чааһынай дьоҥҥо дьайбат. Кинилэр төһө баҕарар ханна баҕарар атыылыахтарын да атыылаһыахтарын да сөп, бэйэ-бэйэлэригэр ылсыылара-бэрсиилэрэ Россельхознадзор хонтуруолугар бэриммэт. Ноһуому балбаах оҥорон сири уоҕурдууга туттабын диэн Россельхознадзорга биллэрии ыыппыт хаһаайыстыбалар бу балбаахтарын мээнэ сиргэ сытыарбаттар. Ол курдук сиэмэн (цемент), 20 см халыҥнаах туой буор уонна герметичнэй салапаан (пленка) эрэ үрдүгэр харайыахтаахтар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ хайдаҕый?
Тыа сиригэр ынах-сүөһү ноһуомун туһата үгүс. Кыстыкка киирии хотон сыбаҕыттан саҕаланар. Сайын ол сыбах түптэ буолан туһалыыр. Сири уоҕурдууга, аппа сири дэхсилээһиҥҥэ абырыыр. Билигин аныгы хотоннор изоверынан бүрүллэн сыттыкка майгынныыллар. Аны урукку курдук сыбах үлэтигэр күн-дьыл бараммат. Оттон хайа саҕа буолуор диэри дьапталҕаламмыт балбаах буортутун туһунан эттэххэ, кинилэр тастарыгар тиит мас силиһиттэн хатаччы хатар, айылҕа алдьанар. Саас ириэрии буоллаҕына, хаары кытта тэҥҥэ ууллан, чугастааҕы ыал булууһугар, күөлтэн чугас буоллаҕына, онно кытта киириэн сөп. Тыа сиригэр балбаах хаһаанар сири сөптөөхтүк дьаһаннахтарына, айылҕаҕа оҥоһуллар хоромньу арыый аччыахтаах, оттон сөптөөх анаалыһы ааспыт ноһуом уоҕурдууга туһаныллар.
Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын бэтэринээринэй хонтуруолун уонна надзорун судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Агата Павлова:
– 248-c №-дээх «О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ» диэн Федеральнай сокуон сүрүн соруга – дьиэ кыылын, көтөрүн ноһуомун тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһааран көдьүүстээхтик туһаныы буолар. Ааспыт 2023 сылга сокуон үлэтин саҥа саҕалаабыта, ити кэм устата балбааҕы хаһаанар былаһаакканы тэриниигэ, оҥорон таһаарар усулуобуйаларын бэлэмнээһиннэригэр бириэмэ бэриллибитэ. Ааспыт сыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри биһиги управлениебыт аадырыһыгар Саха сирин 485 хаһаайыстыбатыттан сурук туппуппут. 2023 cыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри 2024 сыллааҕы 800 сурук киирбитэ. Ол курдук Чурапчы улууһуттан – 182, Амма – 108, Мэҥэ Хаҥалас – 81, Ньурба – 63, Өлүөхүмэ – 53, Бүлүү – 39, Нам – 38, Хаҥалас – 38, Таатта – 37, Дьааҥы – 29. Киирбит суруктар 80% үгүстэрэ сыыһалардаах кэлэллэр.
Холобур, ИНН, ОГРН ыйыллыбатах түгэннэрэ бааллар, ону таһынан, төһө балбаах хаһааныллара ыйыллыбатах буолар. Ардыгар хаһаайыстыбалар ааттарын-суолларын, ханнык юридическай сирэйгэ балбаахтарын тиэрдэллэрин да ыйбакка хаалаллар. Онон сайабылыанньа түһэрээччилэри управление иниспиэктэрдэрэ сүбэ-ама биэрэн, үөрэтэн сыыһалар көннөрүллүбүттэрэ. Өскөтүн, туох эмит уларыйыы киирэр түгэнигэр ахсынньы 31 күнүгэр диэри биллэрии сурукка уларытыыларын дааннайдарын киллэрэн биэриэхтээхтэр. Ааспыт сылга биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ 504 сэрэтэр сырыылары оҥорбуппут. 27 мунньаҕы тэрийбиппит. Үгүстэри долгутар сүрүн боппуруоһунан балбааҕы туһаныыга тиэхиньиичэскэй усулуобуйаны тэрийии буолар. Маны сэргэ, хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаайан эттэххэ, биһиги управлениебыт саайтыгар «Деятельность» диэн салааҕа «Побочные продукты животноводства» диэн баар. Манна тустаах ыйытыыга эппиэти булуоххутун сөп. Ол курдук анал былааҥкалары толоруу нуормата, быһаарыыта барыта ыйылла сылдьар, – диэн быһааран биэрдэ.
Альберт Егоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта:
– Биһиги Россельхознадзорга биллэрии сурукпутун ыыппыппыт. Уопсайа 40 төбө ынах-сүөһүлээхпит. Онтон 20-тэ – ыанньык ынах. Балбаах харайар анал сирбитин ханан буолуохтааҕын бэлэмнээбиппит эрээри, билиҥҥитэ тугу да оҥоро иликпит. Нэһилиэк дьаһалтата, табылыннаҕына, баар түөрт хаһаайыстыбаҕа көмө көрүөхтээх этэ. Туой буор көҥүллэнэр диэбиттэрэ, онон хайата табыгастааҕынан оҥорор санаалаахпыт. Күрүөлээх, үрдэ бүрүөһүннээх, анна туой буор буолуохтаах. Сокуон хараҕынан, анаалыстаах эрэ балбаах туһаҕа тахсар кыахтаах. Арыый уустук сокуон дии саныыбын. Билигин сир тоҥ сытар. Онон от кэнниттэн үлэ барара буолуо…
Редакция