Күүстээх ардах түмүгэр Куйдуһун муостата сууллан, Сордоҥноох нэһилиэгэр сырыы-айан харгыстанна.
Бу күннэргэ Ил Түмэн дьокутаата Сахамин Афанасьев уонна улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов балаһыанньаны тупсарыыга үгүс тэрээһин үлэни ыытар сылдьаллар.
Ил Түмэн дьокутаата Сахамин Афанасьев муоста алдьанарын кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи ыксаллаах быһыы-майгы сүбэ мунньаҕын ыыппыта.
Онно СӨ тырааныспарга миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов сырыыны быстах кэмҥэ олохтуурга анаан САРМ понтоннай муостаны туруорарга этии киллэрбитэ. Биллэн турар, бу бастакы кэмҥэ эрэ өйөбүл буолуоҕа.
Хапытаалынай муостаны тутар туһунан этиилээх СӨ Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар тустаах докумуону бэлэмнээн киллэрдибит. Онон эппиэти кэтэһэ олоробут. Улуус дьаһалтатын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит.
Оҥочолор дьону босхо таһыахтара
Улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов бу күннэргэ улуус мунньаҕын дьокутааттара, баһылыктара, салайааччылара кыттыылаах Ыксаллаах быһыы-майгы мунньаҕын ыыппытын иһитиннэрдэ.
«Кэлэр нэдиэлэҕэ Дьокуускайга тиийэн, икки мотуордаах водомет-оҥочолору атыылаһан, Томтор нэһилиэгэр тиксэриэм.
Оччотугар сордоҥноохтору Томтор уонна Сордоҥноох биэрэктэриттэн төттөрү-таары туоратааччы бэрэбиэсчиттэр босхо туоратыахтара. Оҥочолору үбүлээһин улуус бүддьүөтүн резервнэй пуондатыттан тыырыллыаҕа», — диэн бэлиэтээтэ Александр Иванов.
Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата