Билигин “Бэс Чагда” санаторий доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киинигэр уйулҕа үлэһиттэрэ үлэлии барарга бэлэмнэнэллэр, кинилэр эбии үөрэнэ сылдьаллар.
«Ростов-на-Дону байыаннай госпиталга уйулҕа үлэһиттэрин көһө сылдьар тохсус биригээдэлэрэ үлэлиир. Байыаннай сулууспалаахтары кытары үлэ “Дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда салаатыгар психолог кэбиниэтигэр, дьиэ кэргэттэри кытары үлэ Курашов аатынан уулусса 36-с дьиэтигэр ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар киин салаалара уонна көһө сылдьар психологическай десаннар өйөбүлү оҥороллор”, — диэтэ вице-премьер.
Ольга Балабкина иһитиннэрбитинэн, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр чугас дьоннорун кытары үлэ босхо тэриллэр. Баҕалаах дьон ааттарын-суолларын биллэрбэккэ туран көмөнү ылыахтарын сөп.
Итэҕэл суукканы быһа үлэлиир төлөпүөнэ, салаалар хантаактара: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салҕыы 6 уонна 2 кунуопкалары баттыыгыт.
Айсен Николаев сорудаҕынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу үлэтэ салҕанар. Бэйэҕит этиилэргитин уонна ыйытыыларгытын “суһал линия” 122 нүөмэринэн эбэтэр улуустар, куорат уокуруктарын баһылыктарын социальнай боппуруостарга солбуйааччыларын нөҥүө ыытыаххытын сөп.
(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)