Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үлэ булар кыахтаах дуо?

Ааспыт нэдиэлэҕэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан тэриллибит байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр үлэ дьаарбаҥката буолан ааста, диэн суруйар Киин куорат. Бу тэрээһиҥҥэ оробуочай миэстэлэри өрөспүүбүлүкэ 14 бөдөҥ тэрилтэтэ билиһиннэрдэ.

 — Саха сирин дьарыктаах буолууга кэмитиэтэ ааспыт сыл сэтинньи ыйыттан «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонданы кытта ыкса үлэлиир.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын бары тэрилтэлэригэр уонна салааларыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Биир кэлим күн ыытылла турар. Бу тэрээһиҥҥэ Дьарыктаах буолуу сулууспатын таһынан ыччат министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Социальнай-психологическай өйөбүл киинин үлэһиттэрэ кытталлар. Ол курдук, дьаарбаҥка кыттыылаахтара бэйэлэрин долгутар боппуруостарын түргэнник быһаартарар кыахтаахтар, ону таһынан экспресс-диагностиканы эмиэ тута миэстэтигэр ылаллар»,— диэн СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Горюшинская кэпсээтэ.

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа урукку үлэтигэр төннөр кыахтаах дуо? – диэн ыйытыыга Светлана Горюшинская маннык хоруйдаата:

— Бары билэрбит курдук, анал байыаннай дьайыы хас биирдии байыаһа бэйэтин урукку үлэлээбит сиригэр, дуоһунаһыгар төннөр кыахтаах. Ол эрээри, олох көрдөрбүтүнэн, сорох түгэннэргэ байыаннай киһи урукку үлэтигэр төннүөн баҕарбат. Онон кинилэргэ анаан уопсастыбаҕа киирэргэ, үлэ-хамнас чэрчитинэн алтыһыыга анал усулуобуйа тэрийиэхтээхпит, ханнык тэрилтэлэргэ туох-ханнык үлэ миэстэлэрэ баарын иһитиннэриэхтээхпит. Манна даҕатан этэр буоллахха, кэмитиэт иһинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа саҥа идэҕэ үөрэнэн, уопсастыбаҕа бэйэтин суолун булунар кыахтаах. Бу тэрээһин уопсай сыала-соруга биир – анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа биһиги уопсастыбабытыгар адаптацияны түргэнник ааһара уонна, биллэн турар, үлэ миэстэтинэн хааччыллара»,— диэн бэлиэтиир кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.

Манна эбэн этэр буоллахха, дьаарбаҥкаҕа сатаан кыттыыны ылбатах үлэ көрдөнөр байыаннайдар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ «Арассыыйаҕа – үлэ» диэн саамай улахан базалаах trudvsem.ru сайтка киирэн сөптөөх үлэ миэстэтин булуоххутун эбэтэр резюме хаалларыаххытын сөп. Бу туьунан республика хаьыаттара суруйаллар.

Хаартыска: «Киин куорат» саайтыттан 

Редакция

Читайте дальше