Баһаартан сэрэхтээх буолууну кэтээн көрөр эбээһинэһинэн

Өймөкөөн улууһугар судаарыстыбаннай баһаарынай хонтуруоллааһын (надзор) салаатын ааспыт сылтан Александр Алексеев салайар.

Александр Алексеев  Дьокуускай куораттан төрүттээх. Кини оскуоланы бүтэрэн баран үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэн юрист идэтин баһылаабыта.

2023 с. атырдьах ыйыгар манна, Өймөкөөн оройуонугар, инспекторынан ананан кэлбитим, — диэн кэпсиир кини. — Билигин улуустааҕы судаарыстыбаннай баһаарынай хонтуруоллааһын уонна сэрэтэр үлэ салаатын начаалынньыгын э.т. үлэлиибин. Биһиги тэрилтэбит инспектордара Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристэбэтин үлэһиттэрэ буолаллар.

Үлэбит сүрүн сыала-соруга диэн — оройуоҥҥа баһаарынай туругу кэтээн көрүү уонна нэһилиэнньэ ортотугар сэрэтэр үлэни тэрийии. Улуустааҕы полиция салаатын үлэһиттэрин сэргэ уот турбут биричиинэтин туоһулаһабыт, бэрэбиэркэ ыытан, сокуоҥҥа олоҕуран тустаах быһаарыы ылынабыт.

Сыл аайы баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрэ кытаатан иһэллэр. Холобур, тутуу матырыйаалларын атыылаһарга ураты болҕомтолоох буолуохха наада диэн бэлиэтиир баһаарынай хонтуруоллааһын инспектора А.А. Алексеев. Аны АДПИ (автономнай баһаары сэрэтэр тэрил) кыра да буруо сытыгар улахан тыас таһааран дьону сэрэтэр. Онон исписэлиистэр маннык тэрили дьиэ аайы туруорарга сүбэлииллэр, сыаната да удамырын этэллэр.

Өссө биир улахан кутталы өртөөһүн үөскэтэр. Онон дойду үрдүнэн ханна да өртөөһүнү ыытыы сокуонунан бобуллан турар. Уоту ыыппыт киһи административнай, холуобунай эппиэккэ тардылларын умнумаҥ, — диэн дьону-сэргэни сэрэтэр Александр Александрович.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Евдокия Егорова

 

Читайте дальше