«Азия оҕолоругар» Дьокуускайга 50-тан тахса култуура тэрээһинэ ыытыллар

«Азия оҕолоро» VIII норуоттар ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга элбэх култуура тэрээһинэ буолара күүтүллэр, бэс ыйын 1 — 6 күннэригэр регион киин куоратын былаһааккаларыгар.

Тэрийээччилэр эппиттэринэн, 50-тан тахса дьаһал ылыллар, официальнай старт «От идеи к истории игр «Дети Азии»» быыстапкаттан саҕаланар. Буолар сирэ «Россия – Моя история» история паарката.

Экспозицияҕа оонньуулары көҕүлээбит өрөспүүбүлүкэ бастакы президенэ Михаил Николаев  быыстапката туруорулунна. «Култуура бырагырааматын тэрийээччилэрэ улахан дьоҥҥо, оҕолорго интэриэһинэй буоллун диэн араас киэптээх уонна хабааннаах тэрээһиннэри бэлэмнээтилэр», — диэн кэпсээтэ дирекция салайааччыта Сардана Брызгалова.

Сиһилии: https://ysia.ru/bolee-50-kulturnyh-meropriyatij-provedut-v-yakutske-ramkah-igr-deti-azii/

Хаартыска Ясиа саайтыттан

Читайте дальше