«Азия оҕолоро» оонньуулар тэрийэр кэмитиэттэрэ уонна «Киэргэ» ювелирнай дьиэ бииргэ үлэлииргэ докумуоҥҥа илии баттастылар. Ол чэрчитинэн, норуоттар ардыларынааҕы таһымнаах спорт бөдөҥ тэрээһинин кыайыылаахтарыгар бэлиэлэри саха маастардара оҥороллор.
Бэлиэлэр үрүҥ көмүстэн кутуллаллар, кыһыл көмүс дуйданар. Дизайн «Азия оҕолоро» оонньуулар логотиптарыгар ханыылыы буолар. Хас биирдии оҥоһук саха маастардарын муҥутуур кыахтарын көрдөрүөҕэ. Ол туһунан өрүттэр дуогабардастылар.
Санаттахха, чемпион биир кэлим бэлиэтэ кэмитиэтинэн 2023 сыллаахха бигэргэммитэ.
ЯСИА саайта