Ил Дархан Айсен Николаев өрөбүлгэ, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, дьыалабыай сырыытынан Астанаҕа тиийдэ. Кини Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаевы кытта көрүстэ. Акорда судаарыстыбаннай резиденциятыгар буолбут көрсүһүүгэ лидердэр норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүү уонна сибээстэри кэҥэтии сүрүн хайысхаларын дьүүллэстилэр, Саха сирэ суруйар.
Касым-Жомарт Токаев эрэгийиэннэр икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһин Казахстан уонна Арассыыйа стратегическай суолталаах сыһыаннаһыыларын бөҕөргөтүү сүрүн суолталаах хайысхатынан буоларын бэлиэтээтэ. Судаарыстыба баһылыга Саха сирин кытта бырамыысыланнаска, атыыга-эргиэҥҥэ, IT-салааҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар уонна сиртэн хостуур индустрияҕа бииргэ үлэлээһини улаатыннарар кыах баарыгар болҕомтотун уурда. Айсен Николаев Саха сирэ уонна Казахстан икки ардыларыгар сибээһи кэҥэтиигэ уонна тутаах салааларынан бииргэ үлэлээһиҥҥэ бэлэмнээҕин бэлиэтээтэ.
«Аҥардас кэнники биэс сылга Саха сирин атыы-эргиэн салаатын кээмэйэ Казахстаны кытта 40 төгүл улаатта. Биһиги табаар эргиирэ тохтоло суох улаатарыгар бары усулуобуйаны тэрийиэхпит. Креативнай индустрия эйгэтигэр бииргэ үлэлээһиммит сайдар, IT-салаа, туризм, успуорт, тыа хаһаайыстыбата, бырамыысыланнас, үп-харчы эйгэтэ инникитэ кэскиллээҕин көрөбүт», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Санатан эттэххэ, Айсен Николаев уонна Касым-Жомарт Токаев сыл саҕаланыаҕыттан үһүс көрсүһүүлэрэ буолар. Тохсунньуга салайааччылар Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин ыытар туһунан кэпсэппиттэрэ. Ол чэрчитинэн Казахстан уонна Саха сирэ салгыы бииргэ үлэлээһин былааннарын дьүүллэһиигэ бу саас иккис көрсүһүү ыытыллыбыта.
Бу сайын Казахстан дэлэгээссийэтэ Дьокуускай куоракка «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларыгар кыттан, бары хамаандалартан саамай элбэх мэтээли ылбыта. Оттон бу күннэргэ Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Саха сирин спортсменнара Астанаҕа V Аан дойдутааҕы кочевниктар оонньууларыгар кытталлар. Чуолаан Саха сирин спорстменнара бу күрэхтэһиигэ мас тардыһыы успуорт көрүҥэр киирсиэхтэрэ.
СИА