Дьокуускай куоракка Курашова, 1/1 нүөмэрдээх дьиэтигэр байыаннай операция кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр сыаллаах киин үлэтин саҕалаабыта сылтан орто. Бу киин салайааччытынан Туйара Колесова үлэлиир. Тэрилтэ үлэтин-хамнаһын туһунан салайааччы «Забота-Арчы» хаһыат кэрэспэдьиэнигэр кэпсээтэ.
— Туйара Валерьевна, үтүө күнүнэн! Дьэ күн бүгүн эһиги кииҥҥит нөҥүө төһө киһи аастай? СВО кыттыылаахтарын кытта үлэ хайдах барарый?
— Балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, биһиги кииммитигэр уопсайа 9712 тылынан уонна суругунан сайабылыанньа киирбитэ. Олортон 9643-һэ быһаарыллан, 69 сайабылыанньа көрүллүүгэ, быһаарыллыыга сытар.
Ити киирбит сайабылыанньалары кэҥэтэн кэпсиир буоллахха, 1893 киһи муниципальнай төлөбүрү тутта. Психологическай көмөнү 864, юридическай көмөнү 1046, дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыы өҥөтүнэн 1432 киһи туһанна.Оттон колл-кииммитигэр 4477 звонок киирдэ.
— СВО кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ханнык көмөлөр олохтоммуттарын өссө биирдэ санатан ааһыан дуо?
— Дьокуускай куоракка олорор СВО кыттыылаахтарыгар биир кэмнээх 30 000 солкуобай уу харчынан көмө оҥоһуллар. Оҕолор общественнай транспорга босхо айанныыллар. Сир участогын арендатыттан, пенятыттан уонна муниципальнай бас билии иһин төлөбүр уһаан биэрэр. Итини таһынан, куорат бас билиитигэр баар территорияҕа оҕуруот сирэ бэриллэр, психологическай, юридическай көмөлөр оҥоһуллаллар уонна биирдиилээн (адреснай) көмө эмиэ баар.
— Салгыы үлэ хайдах ситимнээхтик барарый?
— Биһиги кииммит реестрыгар 1787 СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ учуокка ылыллыбыттара. Уокурук специалистэрин көмөлөрүнэн, хас биирдии дьиэ кэргэн чилиэнигэр социальнай паспорт диэн аһыллыбыта. Информацияны суһаллык тиэрдэр наадатыттан, 1503 киһилээх 15 телеграм бөлөхтөр арыллан үлэ ситимнээхтик салҕанар.
— Биирдиилээн (адреснай) көмө туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
— Билиҥҥи туругунан 737 дьиэ кэргэн аадырыстаах көмөнү тутта. Ордук кыһыҥҥы өттүгэр маннык көмөҕө наадыйааччы элбэх этэ. Ол курдук, чааһынай дьиэҕэ олорооччуларга хаар ыраастааһына, кырыыһаттан хаары түһэрии, тиэргэн иһиттэн хаары таһаарыы, олбуор иһигэр мустубут ууну оботторуу, иһэр уунан хааччыйыы, сантехника уларытыыта о.д.а. өҥөлөр, көмөлөр оҥоһуллубуттара. Оҕолору аралдьытар культурнай-маассабай тэрээһиннэр ыытыллаллар, СВО кыттыылааҕын кыаммат, кырдьаҕас, инбэлиит дьонугар социальнай көмө оҥоһуллар.
Ааспыт сылга СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр 1264 оҕуруот аһын набора, 1266 ас, бородуукта набора тиксэриллибитэ.
1352 киһи ( 44 970 000,00) сууммалаах биир кэмнээх көмөнү туппута. Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыга Е.Н. Григорьев дьаһалынан, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр анал байыаннай операцияҕа сылдьыбыт дьону кытта көрсүһүү тэриллибитэ. Оттон Аан дойду дьахталларын күнүгэр 1400 далбар хотуҥҥа минньигэс бэлэх оҥоһуллубута. Ыам ыйын 9 күнүгэр, Кыайыы күнүгэр 1610 ас набора түҥэтиллибитэ.
Быйыл күһүн 1738 оҕуруот аһын набордара бэлэмнэнэн, бу күннэргэ тарҕатыллыахтара.
— Оттон СВО кыттыылаахтарын оҕолоругар туох өйөбүл оҥоһулларый?
— 2023 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр Дьокуускай куоракка олорор 1341 оҕо учуокка ылылынна. Ол иһигэр 538 уһуйаан саастаах, 986 оскуола саастаах оҕо баар. 973 оскуола оҕото бука бары олохтоох бюджет суотуттан 140, 577 тыһыынча солкуобай көрүллэн, оскуолаҕа босхо аһыырын ситистибит. Итини таһынан, 2022 сыл алтынньытыттан республика бюджетыттан, мобилизацияҕа 3080, 4 тыһыынча солкуобай эбии дотация көрүллүбүтүттэн, 13,9 % үөрэх тэрилтэлэригэр, 429,2 тыһыынча солкуобай көрүлүннэ.
2023 үөрэх дьылыгар оскуолаҕа босхо аһыырга уонна уһуйааннарга эбии 58 мөл. солкуобай эбии уонна олохтоох бюджеттан 301 мөл.солкуобай, оскуолаҕа босхо аһыылларыгар 160 мөл.солкуобай, уһуйааннарга 141 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ.
СВО кыттыылааҕын 558 оҕото (5-11 кылаастар) общественнай транспортка, автобуска босхо айанныыллар. Ааспыт сыл алтынньытыттан бу сыл бүтүөр диэри 137.067 солкуобайдаах суумма 6527 босхо айаҥҥа көрүллүбүтэ.
— Автобуска босхо айанынан туһанааччыларга кимнээх киирэллэрий?
— 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн Дьокуускай территориятыгар «Саха сирин олохтооҕо» карталаах байыаннай эбээһинэстээх дьоҥҥо ыйга 50 бастакы айана босхо айанныыр кыаҕы биэрэр буолла. Маннык карта сыл устата Дьокуускай куорат иһигэр уонна пригородтарга айанныыр автобустарга үлэлиэҕэ. Байыаннай эбээһинэстээх дьон категориятыгар кимнээх киирэллэрий:
1. РФ Президенин 2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүнээҕи « Об объявлении частичной мобилизации в Российской Федерации» Уурааҕар олоҕуран Дьокуускай куорат байыаннай комиссириатынан байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар уонна байыаннай чаас испииһэгэр киирбиттэр.
2. РФ национальнай гвардиятыгар сулууспалаабыттар, сулууспалыы сылдьааччылар, полицияҕа анал званиялаахтар. 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн Донецкай Народнай Республикаҕа, Луганескай Народнай Республикаҕа, Херсонскай, Запорожскай уобаластарга уонна Украинаҕа анал байыаннай операцияҕа кыттыбыттар.
3. Дьокуускай куоракка олорон баҕа өттүлэринэн хантараак баттаһан сулууспалыы барбыттар.
4. Дьокуускай куоракка олорор анал байыаннай операция бэтэрээннэрэ.
— Босхо сир участогын төһө киһи ылла?
— Дьокуускай куорат дьаһалтатынан «Дорожная карта» тэрээһин анал былаана, бырайыага оҥоһуллан турар. Онон куорат бас билиитигэр киирэр сирдэргэ анал байыаннай операцияҕа кыттыбыт дьоҥҥо босхо сир участогын түҥэтии картата оҥоһуллан турар. Быһа холоон 1548 сир түҥэтиллиэхтээх. Онтон 948 участок Тулагы Киллэмигэр, 600 участок Табаҕаҕа. Хас биирдии сир участога 600 кв.м. иэннээх буолар. Участоктар тыа хаһаайыстыбатыгар, оҕуруот, сайылык, кэтэх хаһаайыстыбаны о.д.а. сайыннарыыга аналлаахтар. Инникитин бу сир участоктарга тус сыалларын уларытан, чааһынай дьиэни, сынньалаҥ сирин туттарга уларытар туһунан кэпсэтии, үлэ бара турар.
Бу ыйыллыбыт территорияларга түҥэтиллиэхтээх сирдэр докумуоннарыгар, бырайыактарыгар МБУ «ГлавАПУ» тэрилтэ үлэлэһэ сылдьар.
— Кэпсэтиибит түмүгэр тугу этиэҥ этэй?
— Күн устата биһиэхэ олус элбэх киһи эрийэр, кэлэ да сылдьар. Биллэн турар ыарахан. Сулууспалаан кэлбиттэр да бааллар, кинилэр төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ да кэлэллэр. Биһиги баар балаһыанньаны барытын өйдүүбүт. Онон хайа да өттүттэн киэҥ, холку буоларга, бэйэ-бэйэбитин ытыктаһарбытыгар баҕарабын. Биһиги сорох күн адьас хойукка диэри, өрөбүлэ да суох үлэлиибит.
Дойдуну аймаабыт буола турар быһыы-майгы соторунан тохтууругар баҕарабыт.
— Кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Кэпсэттэ Екатерина Бястинова