Бу күнү сымыйа балыыртан хаайыы дьылҕаламмыттар бэйэлэрэ туруорсубуттара. 1991 сыл алтынньы 18 күнүгэр РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан анал күн бигэргэммитэ. ХХ үйэ бастакы аҥаарыгар дойду үрдүнэн ыытыллыбыт политическай хамсааһыннар мөлүйүөнүнэн киһини »норуот өстөөҕө» оҥорон, хаайыыга умса аспыттара, быстах дьылҕалаабыттара.
Ити долгуҥҥа салайааччылартан, айар интеллигенцияттан саҕалаан, боростуой колхуостаахха тиийэ араас араҥа түбэһэн, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ эмиэ олох дьолун билбэтэхтэрэ. Репрессия тыына бүтүн норуоттары хаарыйбыта. Өлүү-сүтүү кэмэ суох элбэҕэ, үүрүү-үтүрүйүү улахана. Ол бааһа күн бүгүн даҕаны оһо, дьарҕата ааһа илик. Саха сиригэр репрессия хаарыйбыт ыала, аймаҕа аҕыйаҕа суох. Бүгүн – бу ыар дьайыы сиэртибэлэрин кэриэстиир күн. Устуоруйа суураллыбат, киһи умнуллубат!