Алгыстаах түһүлгэ күһүҥҥү көрсүһүүтэ

И.Д.Панаев аатынан Хатастааҕы библиотекаҕа ««Забота-Арчы» амарах хаһыат алгыстаах түһүлгэтэ» бырайыак иитинэн хаһыат геройа, биологическай наука кандидата, хоту дойду балыктарын уҥуохтарыттан «Кальций-Сигостин» о.д.а. БАД-тары оҥорон, киэҥ эйгэҕэ тарҕата сылдьар Константин Кривошапкин ааҕааччылары кытта көрүстэ.

Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон тапталлаах «Забота-Арчы» хаһыаттарыгар сыллааҕы сурутууну оҥордулар, хаһыат инникитин өссө сайда, кэҥии, ааҕааччыта элбии турарыгар баҕардылар.

Бастаан Константин Кривошапкин бэйэтин билиһиннэрэн, оҥорон таһаарар биопрепараттарын туһунан кэпсээтэ. Библиотека ааҕар саалатыгар мустубут дьон ортотугар Кэбээйиттэн, Горнайтан, Мэҥэ Хаҥаластан суол-иис  кыһалҕатын аахсыбакка кэлбит дьон бааллара.

Тэрээһин кыттааччылара номнуо Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар биопрепараттары ылан иһэ сылдьалларын, ол кэннэ доруобуйаларыгар, уопсай туруктарыгар туох уларыйыы буолбутун кэпсээтилэр. Онон кэлбит дьон аан бастаан биһиги хаһыаппытыгар тахсыбыт матырыйаалтан сиэттэрэн, билигин «Кальций-Сигостин» уонча ватсап бөлөҕөр баалларын, элбэх туһалаах информация ылалларын эттилэр.

Ааҕааччылары олус долгутар ыйытыылар барыбытыгар да сыһыаннаах курдуктара. Ол курдук, кучу от үргэнэр кэмэ, чаага туһата, күннээҕи иһэр атыылаһар чэйбит састааба, организмҥа кальций оруола, Сахабыт сирин эмтээх отторун туһунан, киһи организмын ыраастыыр — сүрүн фильтрбыт — быар органы эмтэнии, хабах, сүһүөх ыарыыларыгар анаан оҥоһуллубут биопрепараттар туттуллар болдьохторо, сыма, лыба туһунан о.д.а. интэриэһиргиир ыйытыыларга Константин Кривошапкин толору хоруйдары биэрдэ.

Хайдах саҕаламмытай?

— Былыр биһиги өбүгэлэрбит үүт ас, балык, эт аһылыктаах олорон, сыһыыга үүнэр отунан-маһынан эмтэнэн доруобуйаларын көрүнэн олорбуттара. Билигин Саха сиригэр народнай медицинэ кырдьаҕастарбыт баар буолан эрэ, баар курдук. Тоҕо диэтэххэ, ХИФУ-га даҕаны, медицинскэй институкка даҕаны саха былыргы эмин-томун ким да үөрэппэт.

Мин Е.И.Михайлова ректордыы олорор кэмигэр кафедрата, лабораторията арыйан, чинчийэн, үөрэтэн саҕалыахха диэн этэ сылдьыбытым да, официальнай медицинэ ону билиммэт уонна өйөбүл суоҕуттан ити баҕа санаа олоххо киирбэтэҕэ.  Биһиги өбүгэлэрбит 1000-нан сылларга туһанан олорбут эмтэрин, хомойуох иһин, билбэппит.

Холобур, Азия норуоттарын ылан көрүөххэ, эмтэрэ от-мас, кыыл-сүөл, минерал, точечнай массаж, массаж. Кинилэр төттөрүтүн европейскай медицинэни билиммэттэр. Улуу Кытай омуга оту-маһы өрө тутар норуот. Кытайга сылдьыбыт дьон өйдөөн көрбүккүт буолуо, ырыынакка оту-маһы атыылыыр отдел олус элбэх буолар.

Саха сирин отунан-маһынан, балыгынан биологическай-активнай добавкалары  оҥордубут. Бу эмп буолбатах. Тоҕо диэтэххэ, эмкэ ирдэбил наһаа үрдүк. Оттон БАД-тарга оннук суох.  Бу биопрепарат киһи организмыгар туһалаах дьайыыны оҥорор.

Туохтан саҕалаабыккыный? — диэн элбэх дьон ыйытааччы. Бэйэм куртахпынан гастриттаан сатаан аһаабат буоламмын, улаханнык ыалдьыбытым. Оҕо эрдэхпинэ ийэм эмтээх оту кытта харамайдар эттиктэрин оргутан иһэрдэрин өйдөөн кэлэммин, ол эмтээх үүнээйини, харамайдар эттиктэрин  табаарыстарбынан булларан, официальнай медицинэҕэ киирбит үүнээйилэри эбэн,  куртах язватын, гастриты, изжоганы утары БАД оҥорбутум. Бу тыыннаах коллаген диэн эттиктэринэн эмтэммит дьон эһиги ортоҕутугар эмиэ баар буолуоххут.

Кэтэспитим курдук, бу тыыннаах коллагены ый курдук иһэн бараммын, ыарыыбын умнубутум.

Сүһүөх мааһа

Бу препараттар бары натуральнайдар. Манна биир да химикат, консервант, кырааска да, амтаны тупсарар ароматизатор да суох. Барыта оттон-мастан, кыылтан-сүөлтэн, балыктан кэлбит эттиктэри туһанабыт.

Кэнники сылларга Саха сирин олохтоохторугар эр дьон, дьахтар буоларыттан тутулуга суох, сүһүөхтэрэ, атахтара, тобуктара ыалдьар дьон наһаа элбээтэ. Ити биричиинэтэ араас буолуон сөп. Ол курдук, кальций тиийбэтиттэн остеопороз буолуон сөп, ыарахан ыйааһыннаах киһи сүһүөҕэ олус нагрузкаланар, тымнытыыттан, тоҥорууттан эмиэ сүһүөх ыалдьыан син.

Сүһүөх уутугар (синовиальная жидкость) вирустар, бактериялар наһаа сөбүлээн олорор, аһыыр, үөскүүр сирдэрэ. Половой ыарыынан тарҕанар микроорганизмнар өссө рак ыарыыга тиэрдиэхтэрин сөп, наһаа кутталлаахтар.Бу сүһүөх уута араас куһаҕан микроорганизмнардаах. Онон ити куһаҕанын суох оҥоруохха наада.

Сүһүөх уутун чөлүгэр түһэрэргэ, биһиги оҥорон таһаарар мааспытыгар туһалаах эттиктэр бааллар. Сорох дьон тобуктарын эппэрээссийэлэтэ киирээрилэр, ренгеҥҥэ түһэ тиийбиттэрэ, арай бу мааһынан туттубут дьон сүһүөҕүн уута чөлүгэр түспүт түбэлтэтин туһунан элбэхтик суруйаллар. Бастаан биһиги ону билбэт этибит, оттон туттубут дьон суруйалларын ааҕаммыт олус үөрдүбүт.

Сааһырбыт киһи элбэх үүт аһылыгы сиириттэн, молочнай кислота кыайан тахсыбакка былчыҥнарга, эттиктэргэ, тобукка, сүһүөххэ хаалан хаалар. Ол сатаан тахсыбатаҕына эмиэ ыарыылаах буолар.Артрозка, артрикка бэриллиэн сөп. Дьэ ити хаалбыт кислотаны биһиги мааспытынан туһанан сүһүөхтэн ыган таһаарара ыарыылаах буолар. Ону тулуйуохха наада. Үгүс дьон итинник отзывтарын суруйаллар. Онон дьон сүһүөх мааһынан туһанан, хаамар буолбутуттан биһиги бэйэбит соһуйдубут, сөхтүбүт, үөрдүбүт.

Бастаан бу мааһы сүһүөх ыарыытын эмтииргэ диэн айан таһаарбыппыт. Онтубут эмтээх күүстээх оттор бары холбоспут дьайыыларын түмүгэр, кэтэспиппитинээҕэр туһата улахан буолла.

Кальций сигостин

2012 сыллаахтан үөрэтэн, Россия уонна Саха Республикатын доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Саха Республикатын үтүөлээх бырааһа, медицинскэй наука доктора Е.Е.Борисов идеятынан, “Кальций-Сигостины” өр сыллаах үлэ түмүгэр айан таһаарбыта.

Былыргы дьон уонна билиҥҥи киһи доруобуйатын тэҥнээн көрүүттэн саҕалаабыттар. Кинилэр архыып докумуоннарыттан, биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар уҥуохтара олус бөҕөтүн бэлиэтээбиттэр. Аны саастаах дьон эрээри, толору уонна доруобай тиистээхтэрэ улаханнык сөхтөрбүт. Дьэ бу сүрүн биричиинэтэ туохха сытарын үөрэтэн көрбүттэрэ, аһыыр астарыттан тутулуктаах буолан тахсыбыт. Билигин умнууга хаалбыт сыма диэн аһы ордук хоту уонна Бүлүү эҥэр олохтоохтор элбэхтик туһаналларын, сииллэрин билбиттэр. Сыма диэн, балыгы салгын киирбэт усулуобуйатыгар сытытан, уҥуоҕун уулларан сииллэр эбит. Үөрэнэн хааллахтарына дьон адьас сөбүлээн, кыдьыгыран туран сиир күндү астарынан буолар эбит.

Бастакы олоҥхону кумааҕыга түһэрбит нуучча киһитэ, Саха сиригэр төрөөбүт чиновник, Хабаровскайынан, Охотскай муоранан сылдьыбыт үрдүк үөрэхтээх А.Я. Уваровскай суруйан турар,” Мин саамай таптыыр аһым-сыма”, —  диэн. “Туохтааҕар да минньигэс ас — сыма”, — диэбиттээх. Ити курдук, сыманы сиэбит киһи уҥуоҕа кимнээҕэр да чиргэл, бөҕө буолара дакаастаммыт.

Балыкка баар бары микроэлеменнэр, уҥуохха туһалаах кальций о.д.а. туһалаах элеменнэр сымаҕа сүппэккэ, урусхалламмакка хаалаллар эбит. Дьэ, маны сиэн былыргы дьон бөҕө-таҕа, доруобай, чиргэл сылдьар. Онон сыма  сүһүөххэ, уҥуохха эрэ буолбакка, туох баар эккэр-хааҥҥар дьайарын билбиттэр. Сахабыт сиригэр үтүмэннээх балык бултанар уонна уҥуоҕа барыта быраҕылла турар. Онон толкуйдаан баран, уҥуоҕу үчүгэйдик оҥорон, дьоҥҥо сиэттэххэ хайдах буолуой? диэн санааҕа кэлэннэр, учуонайдардыын сүбэлэһэн, хайдах гынан туһатын сүтэрбэккэ эрэ, таһаарыы туһунан технологияны толкуйдаабыттар. Элбэх киһи үлэлээн ХИФУ базатыгар “Кальций-Сигостин” БАД айыллан тахсыбыта. Билигин биһиги итини салгыы сайыннара сылдьабыт.

Уҥуоҕу чөлүгэр түһэриигэ биһиги хоту дойдубут балыктара уомул, чыыр, нельма, муксун, сыаналаах балыктарбыт уҥуохтара кальций сигостин буолан тахсар. Бу Аан дойдуга кимиэхэ да суох биопрепарат биһиэхэ, Саха сиригэр, эрэ баар.

Кальций тиийбэтиттэн оннооҕор кыра оҕолор, батукка ыстана сылдьан, компрессионный перелом буолаллар. Ол аата сис уҥуоҕа бэйэтэ бэйэтин кытта охсуллан, иһэ хампарыйан хаалара итинник тостууга тиэрдэр. Онон кальций сигостин хас биирдиибит организмыгар наадалаах.

Инники былааннар

Итини таһынан, иммунитеты көтөҕөр, күүһүрдэр, циститы, простатиты утары, гаймориты, тумууну утары маастары элбэх киһи сөбүлээн туттар буолла. Ый курдугунан быары ыраастыыр, быары профилактикалыыр саҥа биопрепарат  күн сирин көрүөҕэ. Былааммыт элбэх. Хамаандабыт чөкө. Сырье аҕыйах. Онон Сахабыт сирин олохтоохторун доруобуйаларыгар туһалаах, көмөлөөх биопрепараттар оҥорууларын сыыйа кэҥэтэр, сайыннаран иһэр баҕалаахпыт, — диэн санаатын үллэһиннэ биһиги бу көрсүһүүбүт ыалдьыта Константин Кривошапкин.

Көрсүһүү билигин дьоҥҥо-сэргэҕэ олус наадалааҕын, инникитин өссө да маннык тэрээһиннэри тэрийэ турарбытыгар дьон-сэргэ махталын, баҕа санаатын эттэ. Түгэнинэн туһанан, бу сэргэх көрсүһүүнү тэрийэрбэр  көмөлөспүт дьоҥҥо Наталья Руфоваҕа, Панаев аатынан библиотека кэлэктиибигэр махтанабын.

Екатерина Бястинова

Читайте дальше