Айсен Николаев үөрэх систиэмэтин сайдыыта инники күөҥҥэ тутуллар сорук буоларын эттэ

Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх систиэмэтин сайдыыта инники күөҥҥэ тутуллар сорук буоларын туһунан «Саха» ВГТРК «Прямой разговор» телеханаалга эттэ.

«Үөрэх систиэмэтин сайдыытыттан өрөспүүбүлүкэ инникитэ тутулуктаах. Регион киэҥ территорията киһи хапытаалын көмөтүнэн сайдар, бу оскуолаларга учууталларынан, дьыссааттарга иитээччилэринэн, колледжтарга уонна университеттарга преподавателлэринэн оҥоһуллар. Үөрэх хаачыстыбата киһи ситиһиитинэн уонна дохуотунан көстөр. Үөрэх эйгэтэ миэхэ инники күөҥҥэ тутуллар. Манна элбэх ыйытыы баар.  Министиэристибэ саҥа хамаандата уонна бырабыыталыстыба үчүгэй өттүгэр уларытыылары киллэрэллэригэр эрэнэбин. Ыытыллар үлэни барытын Саха сирин олохтооҕо өйдүөхтээх», — диэтэ Айсен Николаев.

Санаттахха, ахсынньы 30 күнүгэр Айсен Николаев «О стратегических направлениях укрепления общественного здоровья и развития системы здравоохранения в Республике Саха (Якутия)»  уонна «О развитии единой системы образования Республики Саха (Якутия) до 2030 года» ыйаахтары таһаарбыта.

Хаартыска: ЯСИА саайта

Читайте дальше