Саха сирэ дьиэ кэргэттэргэ көмөтө салҕанан барыаҕа, Россияҕа дьиэ кэргэн сыла, Саха сиригэр оҕо саас сыла биллэрилиннилэр.
Ол туһунан пресс-конференцияҕа Айсен Николаев эттэ.
«Дьиэ кэргэттэри өйөөһүн боппуруостарынан Саха сирэ Михаил Ефимович Николаев салайарын саҕаттан систиэмэлээхтик үлэлиир. Сэлиэнньэлэр, куораттар, министиэристибэлэр таһымнарыгар араас практикалар бааллар, олор атын регионнарга холобур буолаллар. Биһиги бу хайысхаҕа үлэлиибит, бэйэбит этиилэрбитин оҥоробут», — диэтэ регион баһылыга.
Хаартыска Ясиа саайта
Эрэдээксийэ