Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин төрөөбүт күнүгэр, тохсунньу 22 күнүгэр, Москватааҕы госпиталга сырытта. Манна Саха сирин байыастара эмтэниини бараллар.
Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ ол туһунан кэпсээтэ.
«Иккис сылын бэйэм төрөөбүт күммэр Москваҕа баарбын. Бу күн байыастары кытта көрсөбүн. Кинилэр сылаас тылынан госпитальга кэлэр волонтердары кэпсииллэр. Байыаннай сулууспалаахтар өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ кинилэри умнубаттарынан киэн тутталларын этэллэр. Маннык хардарыта убаастабыллаах сыһыан өссө үлэлииргэ, бааһырыы кэнниттэн уолаттарбыт эмтэнэллэригэр өссө үчүгэй түмүгү биэрэр», — диэтэ Айсен Николаев.
Саха сирэ дойду госпиталларын кытта бииргэ үлэлииргэ сөптөөх сыһыан олохтоото. Ол түмүгэр аадырыстаах көмө Саха сирин буойуттара эмтэнэллэригэр, реабилитация ааһалларыгар оҥоһуллар.
Хаарытска Ясиа саайта
Эрэдээксийэ