Халлаан биллэ тымныйан, кэтэһиилээх идэһэ кэмэ, дьэ, саҕаланна.
Нэһилиэк аайы дьон кыһын, саас сиир эттэрин хаһаанан эрэллэр. Бэйэтин ТГ-ханаалыгар Ил Дархан Айсен Николаев «оҕо эрдэхпиттэн сыл аайы бу кэтэһиилээх кэми билэ улааппыт буолан, билигин да идэһэ кэмэ саҕаланарыттан үөрэбин. Бу саха дьоно кыстыыр аспытын хаһаанар кэммит.
Сир добдугураччы тоҥон, кыстык үлэтэ үмүрүйэн сахалар бары кэтэһиилээх идэһэбит кэмэ саҕаламмытынан!» диэн суруйда уонна идэһэҕэ сылдьар хаартыскатын таһаарда.
Елена Потоцкая