Айанньыт, эстремал-спортсмен, биир дойдулаахпыт Семен Баишев төрөөбүт дойдутун аатырдар соруктаах

Кини соторутааҕыта Дьокуускайга Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын үөрэтэр квиз-кулуубун үлэтэ саҕаламмытын туһунан сырдатта.

«Квиз» диэн тыл суолтатын куйаар ситимигэр «викторина» диэн быһаараллар. Квиз-кулууп сыалынан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии сылын оҕолорун ааттарын үйэтитии буолар. Кулууп “Биир ньыгыл Арассыыйа” бэлитиичэскэй баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатын ыстаабын базатыгар тэрилиннэ.

Бу түмсүү аһыллыытын Япония милитаристарын Кыайыы 79 сылыгар анаммыт оонньуу торумнаата.

Биир дойдулаахпыт Семен Баишев бу оонньууга хайдах кыттыбытын туһунан маннык кэпсээтэ:

Мин тэрээһин иннинэ “Экстремалы Якутии” диэн эмиэ Аҕа дойду сэриитин тиэмэтигэр ыытыллыбыт викторинаҕа хамаанданан оонньууга кытта сылдьыбытым. Ол кэнниттэн “Экстремалы Полюса холода” диэн хамаанданы тэринэн кыттыыны ыларга этии киирдэ диэн СӨ Үөрэх министиэристибэтин иһинэн Оҕо саас сылын Дириэксийэтин салайааччыта (кылааһынньыгым) Антонина Яковлеваҕа этиилээх тахсыбытым. Квиз-оонньууга барыта 7 хамаанда кыттыбыта. Хамаандалар састааптарыгар улахан дьон, устудьуоннар, оскуола оҕолоро киирбиттэрэ. Тэрийээччилэр хамаандалар хапытааннарын эрдэ анаабыттара.

Түмүккэ киин куорат гимназиятын үөрэнээччилэрэ састааптаах “Экстремалы Полюса холода” диэн хамаандабыт кыайыылааҕынан таҕыста.

Мин бу хамаандаҕа төһө даҕаны Өймөкөөн улууһуттан соҕотох буолларбын Тымныы полюһа Өймөкөөн ааттаммытыттан киэн туттан, улууһум дьонугар “Хотугу сардаҥа” хаһыат нөҥүө сырдатарга сананным, — диэн түмүктээтэ С.С. Баишев.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше