Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар үөрэх дьыла саҕаланаатын кытта арааһынай тэрээһин буолан ааста.
Ол курдук алын сүһүөх кылаас оҕолоругар «Күһүҥҥү калейдоскоп» диэн интеллектуальнай квест-оонньуу Ыһыахтыыр түһүлгэбитигэр ыытылынна. Кырачааннар 4 хамаандаҕа арахсан күрэхтэстилэр. Оҕолор сибиэһэй салгыҥҥа сүүрэн-көтөн, аҕалбыт астарын аһаан сэниэ киллэринэн, дуоһуйа оонньоон олус астыннылар.
Оттон улахан кылаас оҕолоругар, 5-11-с кылаастарга, «Аар айылҕалыын алтыһан» диэн ааттаах 11 түһүмэхтэн турар күрэх бэрт сэргэхтик буолан ааспыта. Оҕолор 3 хамаандаҕа арахсан күөн-күрэскэ кытыннылар.
Онно кус, балык да ыраастаатылар, ытыыга да күрэхтэстилэр.
Кыра кылаас уолаттара улахаттарга ымсыыран, тэҥҥэ сыал ытарга холоннулар.
Булчут таҥаһын арааһынайдаан кэтэн, көрүдьүөс түгэннэртэн бары астына күллүбүт аҕай.
Түмүккэ, куһу ыраастыырга 6-с кылааска үөрэнэр Далаана Сивцева тэҥнээҕин булбата, Айылгылаана Слепцова (5-с кыл.) эмиэ киниттэн хаалсыбата.
Балык ыраастааһыныгар Алгыстаана Попова (5-с кыл.) маладьыастаата.
Быйылгы күрэхпит сыалынан оҕону айылҕаҕа сыһыарыы, бары биир сомоҕо буоларга иитии-үөрэтии буолла.
Оҕолор бары бу тэрээһинтэн бэркэ диэн астынан-дуоһуйан, оонньоон-көрүлээн тарҕастыбыт.
Давид Канаев, 8-с кылаас, Өймөкөөн