Үчүгэй орто оскуолатын учуутала Ольга Егорова үөрэҕирии эйгэтигэр 36 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ. Уопуттаах педагог оскуолаҕа саҥа киирбит үөрэнээччилэр, кинилэр төрөппүттэрэ саҥа усулуобуйаны хайдах чэпчэкитик ааһалларыгар туһалаах кэрчик сүбэлэринэн көмөлөһөр. Ольга Владимировна бу оскуолаҕа 4-с сылын начаалынай кылаас учууталынан үлэлиир. СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтэр ситим 100 сыллаах үлэтин бэлиэ хаһаайката.
— Оскуола боруогун атыллаан маҥнайгы кылааска киирии бу кэтэhиилээх кэрэ бэлиэ, ону тэҥэ эппиэттээх түгэн. Оҕолорго бастакы үөрэх сыла эмиэ улахан суолталаах, – диир О.В. Егорова. Кини төрөппүттэргэ маннык кэккэ сүбэлэри биэрдэ.
Оҕо билиэн-көрүөн баҕата, болҕомтото, өйүгэр тутара төhө сайдыбыта, тарбахтарын былчыҥнарын сайдыыта, күннээҕи эрэһиими тутуhара, бэйэтин көрүнэрэ-дьаhанара, атын оҕолору кытта алтыhара – барыта улахан суолталаах.
Оҕоҕутун сарсыарда сыллаан-уураан уhугуннарыҥ, тиэтэйбэккэ таҥыннарыҥ, сылаас аhы аhаан барарыгар кыhаллыҥ. Тахсаары туран «Дьэ, мэниктээн көрөөр эрэ!», «Таҥаскын киртитээйэҕин!» диэмэҥ, ол оннугар сырылаччы сыллаан баран, ситиhиилээх күнү баҕарыҥ.
Күнүс үөрэҕиттэн кэллэҕинэ сылаастык көрсүҥ. «Хайдах үөрэнниҥ? Тугу гынныгыт?» – диэн ыйытыыларынан көмөн кэбиhимэҥ, оҕо сынньаммытын кэннэ, кэлин холкутук нам-нум буоллаҕына ыйыталаhыҥ. Оҕо чугас киhитин кытта төhөнөн аhаҕас да, оччонон эhиэхэ эрэллээх уонна бэйэтин көмүскэллээхтик сананар.
Бастакы сылга оҕо уруогун оҥороругар төрөппүт көмөтө наада. Бэйэҕит оҥорон биэримэҥ, бииргэ оҥорсуҥ. Ыарырҕатар буоллаҕына ыйан-кэрдэн көмөлөһүҥ. Чэпчэки сорудахтартан саҕалыыргыт ордук. Хара маҥнайгыттан оҕо уруогун толоруутугар эппиэтинэстээх буоларын ирдээҥ.
Учуутал кыра киһиэхэ муҥуутуур аптарытыат. Субу кэмҥэ кини учууталын төрөппүттэринээҕэр да өрө тутар. «Учууталым эппитэ…», «Эн сыыһа оҥороҕун, учуутал маннык оҥорор…» диэн да туруон сөп. Оҕоҕут истэригэр учуутал туһунан куһаҕаны кэпсэтимэҥ. Учууталгытын кытта ыкса сибээһи тутуһуҥ, оҕоҕут туһунан туоһулаһыҥ, үөрэҕин, бэрээдэгин, тугу ыарырҕатарын, кимниин бодоруһарын билсиҥ. Учуутал туох диирин толоро сатааҥ, төрөппүт мунньаҕын көтүтүмэҥ, аһаҕас уруоктарга сылдьыҥ.
Оҕоҕутуттан элбэҕи эрэйимэҥ, оҕо сыыһар, алҕаһыыр. Кини билбэтэ-көрбөтө өссө да элбэх. Кини бу кэмҥэ хаһааҥнытааҕар даҕаны сылаас сыһыаҥҥа наадыйар. Кинини таптыыргытын биллэрэ, сыллыы, имэрийэ-томоруйа, кууһа сылдьыҥ.
Онон төрөппүттэртэн тулуурдаах буолуу ирдэнэр. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, сотору кэминэн кырачаан киһигит дьоһун киһи буола улааппытын бэлиэтии көрүөххүт.
Евдокия Егорова бэлэмнээтэ