Үчүгэй нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Наталья Громова нэһилиэккэ “Аҕабын кытта чуҥкуйбаппын” диэн хаартыска куонкуруһун биллэрбитэ. Тэрээһин Саха сиригэр бэлиэтэнэр Аҕа уонна Уол оҕо күннэригэр ананар.
Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – Үчүгэй нэһилиэгин элбэх оҕолоох аҕата, «Теплоэнергосервис» тэрилтэ маастара Михаил Охлопков. Кини 4-с кылааска үөрэнэр кыра уолун Максимы кытта үлэҕэ-хамнаска, сынньалаҥҥа өрүү бииргэлэр.
Любовь Кривошапкина