Мин Томтор орто оскуолатын 1974 сыллаахха ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим.
СГУ физическай факультетын 1982 сыллаахха бүтэрэн баран, Муома улууһугар ананан үлэлии барбытым. 35 сыл устата физика, математика, география учууталынан үлэлээтим. Ыал буолан 3 оҕолонон, 4 сиэннэнэн Чыыстайы иккис дойду оҥостон олохсуйдум.
Быйыл кыһыҥҥыттан ыла бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрим «50 сыллаах үбүлүөйбүтүн ылыахха» диэн сүбэлэһэн уопсайа, Өймөкөөн нэһилиэктэрин аахтахха, 9 араас сиртэн бииргэ үөрэммиттэр 19 киһи уонна 4 кийиит буолан муһуннубут.
«50 сыл» диэн эттэххэ дөбөҥ курдук да, бу кэм киһи олоҕун устата диэххэ сөп.
Үөрэппит учууталларбытын истиҥ-иһирэх тылынан аҕынныбыт. Кинилэр биһиэхэ олус да чиҥ, дириҥ билиини биэрбиттэр эбит.
Үбүлүөйбүт кэмигэр көрсүбүт учууталбыт М.П. Боярова биһигини бэйэбитин кытта тэҥ саастаах курдук көстөн соһутта да, үөртэ да. «Кыраһыабайдык кырдьыы» диэн итини этэн эрдэхтэрэ диэн санааҕа кэллибит.
Дириҥник ытыктыыр учууталбытыгар Мария Поликарповнаҕа, бииргэ үөрэммит оҕолорбор кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын !
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Надежда Сивцева-Слепцова, Муома, Чыыстай