3000 кэриҥэ киһи Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэххэ киирдэ

Бу күннэргэ үрдүк үөрэххэ туттарсыы түмүгэ билиннэ. Саха сирин саамай элбэх устудьуоннаах үрдүк үөрэҕин кыһатыгар – Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар быйыл, уопсайа, 18 535 сайабылыанньа киирбит.

Тустаах бырагыраамаҕа бастакы (приоритетное зачисление) түһүмэххэ 513 оҕо устудьуон аатын сүкпүтэ. Манна тус сыаллаах миэстэҕэ туттарсааччылар, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоро, тулаайахтар хабыллаллар.

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр сүрүн түһүмэх (основной этап) түмүгэ билиннэ. Ол түмүгүнэн 2474 киһи үөрэххэ киирдэ. Бу бүддьүөттэн көрүллэр уонна төлөбүрдээх миэстэлэргэ туттарсааччылар буолаллар.

ХИФУ саайта суруйарынан, күнүскү үөрэххэ 2000 киһи, күнүскү-кэтэхтэн үөрэххэ – 15, кэтэхтэн – 361 абитуриент киирбит.

“Быйылгы абитуриеннартан ордук элбэх сайабылыанньа эмчит дьыалата, информатика уонна вычислительнай тиэхиньикэ, оҕо бырааһа, юриспруденция, прикладной информатика идэлэригэр киирдэ. Университет сүрүн кыһатыгар (головной вуз) орто баал 63,75 тэҥнэстэ”, — диэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет киин тутар хамыыһыйатын начаалынньыга Елизавета Ильина Саха сирэ.ру саайтка иһитиннэрдэ. Геологоразведочнай бакылтыакка, Хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтугар итиэннэ ХИФУ икки филиалыгар – Политиэхиньиичэскэй институкка (Мииринэй), Чукоткатааҕы филиалга (Анадырь к.) эбии үөрэххэ ылалларын туһунан эттэ.

Людмила Попова

Читайте дальше