2024 сылга оҕону бастакы кылааска ылыы туһунан

Өймөкөөн улууһунааҕы Үөрэх управлениетын үөрэхтээһин хаачыстыбатын кэтээн көрөр салаатын начаалынньыга Дина Баяр иһитиннэрбитинэн, бүтэһигин РФ Үөрэх министиэристибэтин 2023 с. атырдьах ыйын 30 күнүнээҕи 642 №-дээх бирикээһинэн кэккэ уларыйыылар тахсыбыттара. Ол олоххо 2023 с. алтынньы 7 күнүгэр киирбитэ.

2024 с. оҕону бастакы кылааска киллэриигэ улахан уларыйыы тахсыбата. Өҥөлөөх категорияҕа син уруккутун курдук байыаннай сулууспалаахтар, баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга барбыттар, Росгвардия сотрудниктарын оҕолоро киирэллэр.

Муниципалитеттар уонна оскуолалар 1-кы кылааска сайаапкалары ылыыны муус устар 1 күнүттэн хойутааһына суох ылаллар. Ол быһыытынан РФ баһыйар эрэгийиэннэригэр сайаапкалары муус устар 1 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри ылыахтара.

Сайаапканы хайдах биэрэбит?

2024 с. сайаапканы Госулуга портал нөҥүө биитэр почтанан заказной суругунан, эбэтэр оскуолаҕа тиийэн тус сайаапка суруйан бэриллэр.

Оскуолаҕа киирэригэр оҕо хас саастаах буолуохтааҕый?

Оҕо оскуолаҕа киирэригэр номнуо 6,5 саастаах уонна 8 сааһын ааһа илик буолуохтаах. Төрөппүттэр оҕолорун алталарын иннинэ биитэр аҕыстарын ааспыттарын кэннэ оскуолаҕа биэриэхтэрин баҕарар буоллахтарына, үөрэх тэрилтэтиттэн көҥүл ылаллар. Ону тэҥэ олорор сирдэринэн доруобуйа харыстабылын тэрилтэтиттэн тустаах ыспыраапкалаах буолуохтаахтар.

Оскуолаҕа киирэргэ ханнык докумуон нааданый?

— Төрөппүт пааспара.

— Оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтэ.

— Оҕо олорор сиригэр регистрациялааҕын туоһулуур доукумуон.

Балаһыанньаттан көрөн оскуолаҕа атын маннык докумуоннары көрдүөхтэрин сөп:

— Бу оскуолаҕа үөрэнэр убайдарын, эдьиийдэрин төрөөбүттэрин туһунан сибидиэтэлистибэлэрин куопуйатын;

— Эппиэкэни туоһулуур докумуон куопуйатын;

— Төрөппүт үлэтиттэн оҕону уочарата суох үөрэх тэрилтэтигэр ылыыны туоһулуур докумуон куопуйатын;

— Психологическай-медицинскэй-педагогическай түмүк куопуйатын;

— Оҕо адаптированнай бырагаараманан үөрэнэригэр төрөппүттэрэ көҥүл биэрбит докумуоннарын куопуйата;

— РФ сиригэр-уотугар сылдьара көҥүллэнэрин туоһулуур докумуон куопуйата (омук гражданнарыгар);

— Оҕону оскуолаҕа 6,5 биитэр 8 сааһыгар ылары хамыыһыйа көҥүллээбитин туоһулуур докумуон куопуйата.

Докумуоннары эрдэттэн бэлэмниир ордук. Оҕону 1-кы кылааска ылыы сайабылыанньатыгар маннык сибидиэнньэлэр ыйыллаллар:

— Оҕо аата, аҕатын аата, араспаанньата;

— Оҕо төрөөбүт күнэ, ыйа, сыла;

— Оҕо олорор сирин аадырыһа;

— Оҕо төрөппүтүн олорор сирин аадырыһа;

— Төрөппүт электроннай почтата биитэр төлөпүөнэ;

— Туох өҥөнөн туһанары ыйыы (баар буоллаҕына);

— Өскөтүн тустаах хамыыһыйа быһаарыытынан оҕо адаптивнай бырагырааманан үөрэнэрэ наадалааҕын ыйыы;

— Оҕо үөрэнэр тыла (наада буоллаҕына).

Оҕону оскуолаҕа ылбыттарын туһунан иһитиннэрии от ыйын 3 күнүгэр диэри быһаарыллар. Тоҕо диэтэххэ, оскуола сайабылыанньалары барытын хомуйан баран, үс күн устата бирикээс таһаарыахтаах.

Атын сиргэ пропискалаах оҕолору оскуолаҕа ылыы балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри быһаарыллар. Оҕону чопчу бу оскуолаҕа ылбыттарын туһунан бирикээс докумуоннар оригиналлара киирбитин кэннэ, 5 үлэ күнүн устата быһаарыллар.

Өскөтүн оҕону оскуолаҕа ыларга аккаастаатахтарына тугу гыныахха?

Маннык балаһыанньа оскуолаҕа миэстэ бүппүт биитэр төрөппүт оҕо туһунан сыыһа сибидиэнньэлэри биэрбит буоллаҕына эрэ тахсар. Ону тэҥэ биир оҕоҕо икки сайабылыанньа киирбит буоллаҕына аккаас кэлиэн сөп. Сайабылыанньаны иккистээн урукку докумуон суох оҥоһуллубут эрэ буоллаҕына ылыллар. Уонна биир сүрүн аккааһынан оҕо оскуолаҕа киирэр сааһа сөп түбэспэт буоллаҕына тахсыан сөп.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше