Быыбар буолара чугаһаатар чугаһаан иһэр. Томтор нэһилиэгин 2 быыбардыыр уокуругун дьоно-сэргэтэ кими дьокутаакка эбии талан, төрөөбүт нэһилиэкпит сайдыытыгар көмө буолуон сөптөөҕүй диэн санаанан салайтарар.
“2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын дьокутааттарын Сэбиэтин бэһис ыҥырыытын эбии быыбарыгар 1 №-дээх элбэх мандааттаах быыбардыыр уокурукка дьокутаакка кандидаттар:
- Дьячкова Ньургустаана Михайловна, 1970 с.т., олорор сирэ – СӨ, Өймөкөөн улууһа, Томтор нэһилиэгэ; биэнсийэлээх. Бэйэтэ туруорунан.
- Прокопьева Валентина Николаевна, 1957 с.т., олорор сирэ – СӨ, Өймөкөөн улууһа, Томтор нэһилиэгэ; биэнсийэлээх. Бэйэтэ туруорунан.
- Тастыгина Ефросинья Петровна, 1988 с.т., олорор сирэ – СӨ, Дьокуускай к.; урбаанньыт. Бэйэтэ туруорунан.
“2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын дьокутааттарын Сэбиэтин бэһис ыҥырыытын эбии быыбарыгар 3 №-дээх элбэх мандааттаах быыбардыыр уокурукка дьокутаакка кандидаттар:
- Горелая Валентина Николаевна, 1984 с.т., олорор сирэ – СӨ, Өймөкөөн улууһа, Томтор нэһилиэгэ; Томтордооҕу “Кэскил” уһуйаан, повар. Бэйэтэ туруорунан.
- Давыдова Анна Тимофеевна, 1987 с.т., олорор сирэ – СӨ, Өймөкөөн улууһа, Томтор нэһилиэгэ; декретнэй уоппускаҕа олорор. Бэйэтэ туруорунан.
- Иванова Айталина Прокопьевна, 1967 с.т., олорор сирэ – СӨ, Өймөкөөн улууһа, Томтор нэһилиэгэ; Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ. Бэйэтэ туруорунан.
- Аммосова Күннэй Владимировна, 1976 с.т., олорор сирэ – СӨ, Өймөкөөн улууһа, Томтор нэһилиэгэ; Томтордооҕу “Кэскил” уһуйаан, иитээччи. Бэйэтэ туруорунан.
Биһиги корр.